«Театр Олонхо»

Театры
+7 (4112) 34-03-19
«Театр Олонхо»

Спектакль "Хардааччы Бэргэн" 12+

 
Подпишитесь на мероприятия Якутска

«ЭТНО-РОК ОЛОНХО»!!!
В роли Хардааччы Бэргэн - Гаврил Менкяров, в роли его главного антагониста - Анастасия Алексеева!!!
В давние времена, когда земля размером с беличью пятку стала расти и расцветать, появились леса с быстроногими зверями, ручьи с тающими льдами, восходящее и заходящее солнце, боком лежащая луна, деревья с узорами и великие долины… Волшебство Олонхо Андрея Титарова «Хардааччы Бэргэн» начинается традиционно, как и все Олонхо на свете. Но есть одна удивительная деталь, делающая его отличительным и уникальным. Если в большинстве Олонхо битва идёт за спасение девственно- неприкосновенной красоты, здесь герой же спасает свою семью, свой род.

Новый спектакль Театра Олонхо поставлен в стиле «этно-рок Олонхо». Музыкальное сопровождение архаичных, якутских традиционных музыкальных инструментов с бас-гитарами дает неповторимый синтез времени.

К.т. 34-03-19, 8964-422-60-22


1

Отзывы к мероприятию «Спектакль "Хардааччы Бэргэн"»

Владимир 24.02.2024 в 12:14
Бэҕэһээ, Хардааччы Бэргэн спектээкилгэ сылдьан астынан, соһуйан кэллим. Дьэ, дьиҥнээхтик биһиги Олонхобут сайдар кэскиллээх эбит диэн санаа киирдэ. Отой биир тыынынан барда, бастаан залга киирбиппэр оҕо-эдэр ыччат тобус толору, спектээкили көрдөрбөттөр эбит диэн буолла, онтукайым остуоруйаттан ордон, киһи тойугу кытары тэбис тэҥҥэ дьигиһиҥнии олорор буолла. Элбэх оонньууга сылдьыбытым эрээри, спектээкил кэмигэр итинник элбэхтик ытыс таһыммыппын өйдөөбөппүн. Олонхобут былыр-былыргыттан музыкальнай произведение буоларын туппуттар. Эбиитин тыыннаах музыканан доҕуһуоллаан, ырыабытын-тойукпутун күүһүрдэн аныгы олох ирдэбилигэр тэҥнээбиттэр. Бу санаан көрдөххө маннык хайысхаҕа чугаһаабыппыт ырааппыт эбит, эстрада артыыстара Чыскыырай, Лэгэнтэй уонна да атыттар ырыабытын-тойукпутун, ордук оһуокайы аныгы музыка тэтимигэр олордубуттарын, эдэр дьон ылынарын бары бэккэ билэбит.
Аны артыыстар таҥастара-саптара, уобарастара дьиҥнээх Олонхо дойдута, киһи хараҕа астына көрөр. Барыыһап көрүүтэ-истиитэ өтө көстөр - сыананы, сыана хамсаныытын баҕас сатаан туттар, бииртэн биир тахса сутар, туох да диэбит иһин бу Киһибит саха омук баар суох Олоҥхотун ким иннинэ өйдөөн, билигин саҥа таһымҥа таһаарбыт. Артыыстар бары бэркэ оруолларын толороллор, ордук ат оруола биир да тыла суох эрээри уобараһын арыйар. Мэҥкээрэп куолаһа мааныта, көрүҥэ - көстүүтэ сүрүн оруолу арыйар. Уонна ордук Удаҕан (оҕолору ииппит) кыыс тойугун хайҕыахпыт баҕарабын - тойук тыла иһиллэр, кылыһаҕа хатана суох. Биһиги тойукпут Аан дойдуга суох көрүҥ буолар, онон тойукпут канонун тутуһан сүтэриэ суохтаахпыт. Спектээкил кэмигэр киһи долгуйар түгэннэрэ элбэх, холобур, Удаҕан игирэ оҕолор умайа сылдьар дууһаларын куоттаран, ол уоттара кынат буолан аны аҕаларын быыһыы кэлэллэр, кынаттарын аны кыайан устубат буоланнар Орто дойдуну араҥаччылыы Үөһээ-халлааҥҥа хаалаллар.. Көтө сылдьар абааһы кыыһа киһини сөхтөрөр, уопсайынан табыллыбыт күүстээх уобарас, ырыатын-тойугун ритмэ спектээкил тыынын күүһүрдэр. Кыра оруоллар киһи өйүгэр эмиэ хатаналлар, куһаҕан сонуну кэпсиир уол хайдах курдук сүүрэн киирэрий..
Уопсайынан спектээкилгэ сылдьыҥ, оҕолору сырытыннарыҥ. Тыыннаах музыканан доҕуһуоллуур музыканнары аллараа, сыана кытыытыгар олордубут буоллар дии санаатым
Оставить отзыв

Войдите или зарегистрируйтесь, чтобы оставить отзыв

  • Все отзывы
  • Положительные
  • Отрицательные